Төрүт тылбыт күнүнэн!

Хас биирдии омукка саамай күндүтэ, баайа – төрөөбүт төрүт тыла буолар. Төрөөбүт төрүт тылын билбэт диэн омук суоҕун кэриэтэ.

Быйыл эмиэ, угэс курдук, «Лингва» уһуйааммытыгар саха тылын куннэригэр анаан нэдиэлэ ыыттыллар.

Бүгүн оҕолор сахалыы национальнай көстүүмнэрдээх кэллилэр.   Сарсыардаттан бөлөхтөргө сахалыы тыыннаах истиң ырыалар тыаһаан, «Оһуор ункуутэ» үңкүүлээн оҕолор дуоһуйа астыннылар, күүс ылыннылар.

Салгыы хомус, кырыымпа, ой-дуо курдук араас национальнай музыкальнай инструменнары кытта билсистилэр.

Оҕолор «Чороон» бэйэ оңоһук кырыйаннар олус диэн үөрдулэр, сэргээтилэр. Чороон туһунан уонна атын да сахалыы иһит-хомуос туттулларын үөрэ-көтө иһиттилэр

Нэдиэлэ устата араас хабааhыннаах интэриэhинэй тэрээhиннэр ыытыллыахтара: сахалыы хамсаныылаах ооньуулар, саха остуоруйаларын, фольклорун кытта билиhиннэрии, уруhуй курэхтэрэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять